🤩🌷👏Олоххо ураты сыһыаннаах Галина Николаевна
Галина Николаевна олоххо көхтөөх сыһыаннаах, эрчимнээх, киэҥ билиилээх, дьоҥҥо көмөлөһөр улахан баҕалаах дьикти киһи.
76 сааһыгар, кини бэйэтин холобурунан атыттары угуйар.
Галина Николаевна үс үрдүк үөрэхтээх: быраас, экономист уонна юрист.
Оттон быраас быһыытынан үс официальнай идэлээх: нейрохирургическай профиллаах невролог, гематолог уонна цитолог. Бу үөрэхтэрин барытын кыһыл дипломунан бүтэрбит. Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыан иннинэ кини неврологияҕа аспирантураны бүтэрэн, Новокузнецктааҕы медицинскэй үрдүкү үөрэхтээһин институтугар нейрохирургия идэтин ылбыта.
Идэтийбит суола Дьокуускайтан саҕаламмыта, хас да сыл куорат балыыһатыгар уонна улуустааҕы клиническэй балыыһаҕа үлэлээбитэ, онтон үлэтин Москваҕа салҕаабыта, онно Галина Николаевна олоҕун 30-тан тахса сылын дьон доруобуйатыгар сулууспалыырга анаабыта.
Ол гынан баран, медицинскэй үлэ кини элбэх өрүттээх майгытын биир эрэ өттө буолар. Галина Николаевна спорду уонна көхтөөх сынньалаҥы олус сөбүлүүр. Хаҥкылыыр, сүүрэр, хаамар, элбэҕи ааҕар, үөрэтэр, саҥаҕа аһаҕас. Хаһан да мээнэ олорбот, куруук тугунан эмит дьарыгыра сылдьар. Кини олоҕун сүрүн девиһэ «Олохтон астын» диэн.
Хас биирдии кэрэ аҥар бачча сааһыгар Галина Николаевна курдук эрчимнээх буоларыгар баҕарабыт.
@nvk_sakha