☀️🦌Табаһыт алтыһар доҕоро
Табалаах күн сирин кэрэтин,
Табалаах кыраайы байытан,
Туундара туонатын биһигэр
Тугуттар төрүүллэр бигэнэн.
Төрөөбүт дойдутун туһугар
Тэбиэлиир сүрэҕин туттарар,
Табаһыт төлкөтүн оҥостор,
Толору дьолунан тупсарар.
Табалар муостарын киэргэнэн
Тоһурҕаан көтөллөр кыырайа,
Тыал-буурҕа аргыстаах халлааны
Тоҥ тымныы дойдутун абылаан.
Табаһыт сөбүлүүр үҥкүүтүн
Туйахтаах тибиини сиэллэрэн,
Туллуктуу дьүкээбил анныгар
Тибийэн-табыйан үөрдэллэр.
Тус хоту бараллар табалар,
Туус маҥан хаарынан хаамсаллар,
Түһүлгэ туманнаах тэллэҕэр,
Тиэргэнин сулустаах түүнүгэр.
Тирэнэр олоҕун тосхоло
Тыаһынан тойуктуур хобото,
Табабыт - айылҕа оҕото,
Табаһыт тэйсибэт доҕоро.
Розалия Павлова
Өлөөн
@redsardana
@ulusmedia