ЧАХЧЫЛААХ ЫЙЫННЬЫК
🐻 Хардаҥ эһэ кыһынын тоҕо утуйарый? Тоҕо диэтэххэ, кыһын аһын булунарыгар ыарахан. Тымныы, халыҥ хаар харгыстары үөскэтэр. Ол иһин күһүн тото аһаан баран утуйар. Сыата кыһыны быһа аһаабакка сытарыгар туһалыыр.
Олунньуга эһэ оҕолонор. Эһэ оҕолоро сайын тыаҕа тахсыахтарыгар диэри арҕахха сытан харысхаллаах буолаллар, сайын тыаҕа тахсыахтарыгар диэри арыый улааталлар. Оту-маһы сии үөрэниэхтэригэр диэри ийэлэрин үүтүнэн аһыыллар.
Тыатааҕы төһө өр арҕахха сытара араастаах, 4-6 ый буолар. Бу климаттан эмиэ тутулуктаах. Оҕолоро суох эһэлэр эрдэ тахсаллар. Сыата баранан, аччыктаан сорох эһэ эрдэ уһуктар. Аччык эһэ кыһынын арҕахха да киирбэккэ, ас көрдүү сылдьар буолар эбит. Оннук эһэ киһиэхэ кутталлаах.
Эһэ утуйа сытан баппаҕайын салыыр эбит. Ону сорохтор аччыктаан салыыр дииллэр. Оттон эргийэн баран атын баппаҕайын салаатаҕына кыстык аҥара бүтэр, уһуктара чугаһыыр эбит. Атыыр эһэ эрдэ уһуктар, тыһы эһэлэр оҕолорун кытта 2-3 нэдиэлэ өр утуйаллар эбит.
Биһиги диэки тыатааҕы арҕаҕыттан муус устар ортотугар диэри тахсар эбит. Бастаан тахсарыгар эһэ ырыган, аччык буолар. Эрдэ уойан мунньуллубут сыата баранар. Саҥа тахсыбыт эһэ бытаан, утуктуу сылдьар, сэниэтэ суох буолар. Күҥҥэ сыламнаан сытар, этин-сиинин эрчийэн маска ыттыан, сыыртан сырылыан сөп эбит.
@chokhoon